Иллэҥ суох, ийэккээм!: хоһоон //Хоһооннор, поэмалар: [орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар] /Иннокентий Артамонов ; [хомуйан оҥордулар: И.В. Мигалкин, З.В.Мигалкина]. — Дьокуускай : Бичик, 2010.- с.27; то же Чычып – чаап: Кыра оҕолорго хоһооннор/ Иннокентий Артамонов. — Дьокуускай : Бичик, 2004.- с.31; то же Артамонов, Иннокентий Иванович Күөх хонуу : Кыра саастаах оҕолорго хоһооннор.- Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1974. — 72 с. : с ил.- с.32
Иллэҥ суох, ИЙЭККЭЭМ!
Ваня уол күннүктээн
Ойуулуур, ойуулуур,
Икки, үс этээстээн
Дьиэлэри оҥортуур.
Кырачаан уолчаанын
Ийэтэ ынырда:
«Кэл, Ваня, аһаарый,
Алаадььиг тымныйда».
Амарах ийэтэ
Аһылык бэлэмниир,
Үлэһит киһитэ
Бу курдук эппиэттиир:
«Иллэҥ суох, ийэккээм,
Мин дьиэбин бүтэриим,
Ааннарын кэрэчээн
Ойуулаан киэргэтиим».